Сыыһабыт - ытыыбыт..
Хомсомуол суолтатын эн биһи билэбит,
Дойдуга өҥөтүн ким да мөккүспэт,
Утарбат эрээри былааспыт ылыммат,
Ол иһин ааспыт кэминэн кэпсэтэбит..
Эдэр ыччат эрдиитэ суох аалга устар,
Иннигэр күрүлгэн, харгы, буурҕа күүтэр,
Байҕал устун тохсус баалга мунар-тэнэр.,
Хапытаан мунаарар, хапытаал дьаһайар..
Олох уустук, ол эрэн санаабыт түспэт,
Кыбычыын да буоллар быыһанар суол көстөр.,
Быыһык кэмтэн тахсар суолу норуот көрдүүр,
Хараҥаҕа харбыалаһар, тахса сатыыр..
Хомсомуол-баартыйа ырыаҕа ылланар,
Элиэнньин эһэбит үөрэҕэ ыһыллар.,
Хапытаал былааһа өҥнөөҕү байытар.,
Сөптөөҕүн сөбө суоҕун эн бэйэҥ быһаар!
Таас Уола - Сэмэн
Кэриэс Халдьаайы
19.10.2021 с.
Болтокова Анастасия Федоровна.
Мин 1955 сыллаахха Уеьээ Булуу улууьун Нам нэьилиэгэр кун сирин кербутум. 1975сыллаахха Булуу педучилищетын,1985сыллаахха Магаданнаагы пединституту бутэрэн баран,25 сыл Сургуулук орто оскуолатыгар музыка,нуучча тылын уонна литературатын учууталынан улэлээбитим.2010 сылтан Ороьуга кэлэн учууталлаан баран,билигин бочуоттаах сынньаланна куоракка олоробун.Саха республикатын уерэгириитин туйгунабын,педагогическай улэ ветеранабын.4 оголоохпун, 7сиэннээхпин.18ырыалаахпын, 20 хоьоонноохпун.Бастакы ырыабын Сургуулук оскуолатын юбилейыгар хорга анаан "Дойдукам барахсан Сургуулук"диэн ырыаны суруйбутум,билигин Сургуулук гимнэ буола сылдьар.Ороьуга "Кубэйэ " диэн ансамбль тэрийэн улуустаагыреспубликанскай да курэхтэргэ кыттан миэстэлэьээччибит.2017 сыллаахха оскуола оголорун хорун улуустаагы керуутугэр Ороьу оскуолатын уерэнээччилэрэ "Гран-при",многоголосный хор,Лучший руководитель хора номинациялары ылбыппыт
Валентина Сивцева Кобякова Кэбээйи
Мэҥэ Хаҥалас Дьаҥхаады нэһилиэгэр олоробун. Үлэ бэтэрээнэ.
Хоһоон,ырыа суруйуутугар 2015 сылтан холонобун.Музыкальнай үөрэҕим суох,айылҕа кыратык бэрсибитинэн.
Горнай улууһугар Тимофеев Степан Иванович-Кустуктаанап 70сааһыгар аналлаах,кини хоһоонноругар суруллубут кэтэхтэн ырыа күрэҕэр Дипломант 1степени буолбутум."Саха тиитэ" диэн хоһоонугар ырыа суруйбутум.
Бэйэм 100кэ хоһоонноохпун,20 ырыалаахпын.Саха суруйааччыларын хоһоонноругар ырыа суруйарга холонобун,иэйиим киирдэҕинэ.
Улахан аат-суол суох.Тыа сирин сэмэй дьахтарабын.
Мин,Бандерова Татьяна Васильевна 12.03.1960 с.тереебүтүм,Үөһээ Халыма,Арылах нэһилиэгэр.Бииргэ төрөөбүт алтыабыт,мин иккис оҕоннон күн сирин көрбүтүм.1980с.ЯРКПУ,,народные инструменты,, отделениетын үөрэнэн бүтэрэн Амма,Эмис нэһ. ананан культура дьиэтигэр худ.салайааччытынан үлэбин саҕалаабытым,,"Үрүҥ түүн" ВИА,тэрийэн араас конкурстарга кыттан Дипломант,Лауреат уонна да атын ситиһиилэринэн наҕарадаламмыппыт.
Айар кутум кэрэ айылҕалаах кыыс Аммаҕа аһыллыбыта бастакы "Күн күбэй ийэбэр"диэн ырыабын суруйбутум,онтон "Аҕабар","Оҕолорбор" утуу -субуу айыллан испиттэрэ.
Амма мелодистарын ассоциятын чилиэнэбин,"Ветеран художественнай самод-ти","Ветеран труда,,буолабын.
Бастакы дискам 2012с.тахсыбыта.
культура дьиэтигэр 10сыл үлэлээн бараммын, К,Уурастыырап аатынан,Эмис орто оскуолатыгар музыка учууталынан үлэлээбитим,оҕолору ырыа,кэрэ эйгэтигэр көтүтэн , 1кы Полярнай звезда Лауреаттара буолбупп
...
Читать дальше »
Эп эдэр, бааһынай курдук дьүһүннээх, 19 саастаах кыыс Свелана Кудрина дьүөгэтинээн Татьяна Михайловна Халыевалыын Дьокуускайдааҕы култуура училищетын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбиттэрэ уонна биһиэхэ кулуупка үлэлии кэлбиттэрэ.
Бу сылга Светлана Кудрина күн сирин көрбүтэ 70 сааһын туолар.
Ким сэҥээрбит эдэр сылдьан Светлана Кудрина урут уһуллубут "Табалар" ырыатын сэҥээрэн истин.Бу ырыатын манна, Алексеевскай оройуонҥа, үлэлии сылдьан айбыта.
Тартакынова Ольга Лазаревна-ДЬОЛ Сандаара родилась 20.03.1967г. в Хатырыкском наслеге Намского района .Выпускница Хатырыкской ср.школы 1984г.Закончила в 1989г. муз.отделение Пед.училища-2 .
Автор многих песен и стихов.
Хаҥалас улууһугар Покровскай бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтүм ыам ыйа 27күнүгэр 1964 сыллаахха бэйэм эдэр сааспар армия кэнниттэн мвд киирэн үлэлээбитим пенсияҕа тахсыбытым эдэрбэр ырыанан 90 сыллартан айар буолбутум атак эрдэ суруйар буолбутум да кимиэхэ да биллэрбэт этим кэлин син конкурстарга кыттар буолбутум лауреат первей степени хас да конкурска буолбутум ырыам жанрдара рок,шансон,бард хайысхаҕа суруйталыыбын ырыаларбын ыыталаан иһиэҕим чэ ити курдук музыканнар бары билэллэр миигин быһыыта бэйэм толоробун ырыаларбын үксүн
Амма улууьун Оннес нэьилигэр муус устар 30 кунугэр 1973 с.элбэх о5олоох ыалга бэьис о5онон кун сирин кербутэ.детсадтан ыллыыра.Оскуола5а уерэниэ5иттэн хоьоон суруйарга холоноро.Бастакы ырыаларыттан чочуллан киэн куйаарга "Сахам сирин кыьына"- диэн ырыатын 1993 сылга айыллыбыта .Оччолорго Алдан улууьугар чум улэьиттии бултуу сылдьан тереппутэ.Крестьянскай рынок бочуоттаах атыыьыта.Охрана,Член совета ветеранов МВД,РОО "Союз поэтов ипрозаиков РС(Я) "Айар Кут".РОО "Эйгэ".Самодеятельнай мелодист,ырыаьыт.Алгысчыт.Бухгалтер.Чел олох программалаах сынньалан биэчэрдэри тэрийээччи.Конгресс Алданнаа5ы субэтин чилиэнэ.Усть -Кут-Якутск лучшая певица номинациялаа5а,субэьит, тэрийэр талааннаах Хоьоон хонуута махтал суруктаах.5 Ереспуубулукэтээ5и остуоруйаны,кэпсээни уонна уьуйээни сэьэргэьээччи туьулгэтиттэн бэлиэ суруктаах",Уран тыл" уус тыллаахтар туьулгэтигэр туоьу суруктаах.Икки о5о ийэтэ,икки сиэн эбээтэ.
Афанасий Афанасьевич Андросов. 1961 сыл Анаабыр оройуонугар Халҕаннаах бөһүөлэгэр булчут дьиэ кэргэнигэр 11 оҕонон күн сирин көрбүтэ. 1983 сыл Кульпросвет народнай инструменнар салаатын бүтэриэҕиттэн ыла Сааскылаахха үлэлиир. 1985-87 сылларга Улан удэҕэ культура институтугар кэтэхтэн үөрэнэ сылдьыбыта.
Ырыа айыытынан бастаан 1878 с холонор. Онтон 1984 с утумнаахтык дьарыктанар. Сүүстэн тахса ырыалаах. Анаабыр улууһун Гимнин автора. 7 аудио альбом, 2 компакт дискэ таһаартарбыта. Икки ырыанньык бэчээттэммитэ. 1995 с Саха сирин мелодистарын түмсүүтүн чилиэнэ. 2011 с Саха сирин ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Наҕараадалара.
1999 с. Культура туйгуна
2011 с. Гражданскай килбиэн кавалера.
2014 с. Анаабыр улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
2018 с. Саха сирин культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
|