04.12.2024
Бандерова Татьяна Васильевна

Мин,Бандерова Татьяна Васильевна 12.03.1960 с.тереебүтүм,Үөһээ Халыма,Арылах нэһилиэгэр.Бииргэ төрөөбүт алтыабыт,мин иккис оҕоннон күн сирин көрбүтүм.1980с.ЯРКПУ,,народные инструменты,, отделениетын үөрэнэн бүтэрэн Амма,Эмис нэһ. ананан культура дьиэтигэр худ.салайааччытынан үлэбин саҕалаабытым,,"Үрүҥ түүн" ВИА,тэрийэн  араас конкурстарга кыттан  Дипломант,Лауреат уонна да атын ситиһиилэринэн наҕарадаламмыппыт.
Айар кутум кэрэ айылҕалаах кыыс Аммаҕа аһыллыбыта бастакы "Күн күбэй ийэбэр"диэн ырыабын суруйбутум,онтон "Аҕабар","Оҕолорбор" утуу -субуу айыллан испиттэрэ.
Амма мелодистарын ассоциятын чилиэнэбин,"Ветеран художественнай самод-ти","Ветеран труда,,буолабын.
Бастакы дискам 2012с.тахсыбыта.
культура дьиэтигэр 10сыл үлэлээн бараммын, К,Уурастыырап аатынан,Эмис орто оскуолатыгар музыка учууталынан үлэлээбитим,оҕолору ырыа,кэрэ эйгэтигэр көтүтэн , 1кы  Полярнай звезда Лауреаттара буолбуппут, кыргыттар,уолаттар ,ансаамбыллара.
2010с.пенсияҕа тахсаат куоракка көһөн киирбитим дьиэ кэргэммин кытта,бэйэм 5 оҕолоохпун,4 сиэннээхпин.Билигин ВС лицейга музыка учууталынан үлэлиибин.ДДН  Кулаковского иһинэн КМНС,,(коренные малочисленные народности Севера)юкагирскай этнофольклорнай "Колымчанка" ансамбль салайааччытабын.Ансамблбыт тэриллибитэ биир сыла буолла.  2018с."Эхо тундры и тайги" респ. конкурска Гран при  үрдүк аатын ылбыппыт.
Куорат иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ,конкурстарга көхтөөхтүк кыттабыт. Юбилейдарга,тэрээһиннэргэ ыллыыр  ырыаларбытын баянынан доҕуһуоллуубун.
Репертуарбытыгар  юкагирдыы,сахалыы,нууччалыы ырыалары  ыллыыбыт,былааммыт элбэх.Сценаҕа кэтэр комплект таҥастарбытын барытын бэйэбит тиктэбит,кинигэннэн керен.Өссө даҕаны ырыаларбын айан бар дьоммор  бэлэтээн иһиэм.

467 ebitem2
Комментарии:
avatar