23.10.2024
Таас Уола - Сэмэн - Сыыһабыт - ытыыбыт..

Сыыһабыт - ытыыбыт..

Хомсомуол суолтатын эн биһи билэбит,
Дойдуга өҥөтүн ким да мөккүспэт,
Утарбат эрээри былааспыт ылыммат,
Ол иһин ааспыт кэминэн кэпсэтэбит..

Эдэр ыччат эрдиитэ суох аалга устар,
Иннигэр күрүлгэн, харгы, буурҕа күүтэр,
Байҕал устун тохсус баалга мунар-тэнэр.,
Хапытаан мунаарар, хапытаал дьаһайар..

Олох уустук, ол эрэн санаабыт түспэт,
Кыбычыын да буоллар быыһанар суол көстөр.,
Быыһык кэмтэн тахсар суолу норуот көрдүүр,
Хараҥаҕа харбыалаһар, тахса сатыыр..

Хомсомуол-баартыйа ырыаҕа ылланар,
Элиэнньин эһэбит үөрэҕэ ыһыллар.,
Хапытаал былааһа өҥнөөҕү байытар.,
Сөптөөҕүн сөбө суоҕун эн бэйэҥ быһаар!

                Таас Уола - Сэмэн
                Кэриэс Халдьаайы
                     19.10.2021 с.

273 ebitem2
Комментарии:
avatar