23.10.2024
Афанасий Андросов

Афанасий Афанасьевич Андросов. 1961 сыл Анаабыр оройуонугар Халҕаннаах бөһүөлэгэр булчут дьиэ кэргэнигэр 11 оҕонон күн сирин көрбүтэ. 1983 сыл Кульпросвет народнай инструменнар салаатын бүтэриэҕиттэн ыла Сааскылаахха үлэлиир. 1985-87 сылларга Улан удэҕэ культура институтугар кэтэхтэн үөрэнэ сылдьыбыта.
Ырыа айыытынан бастаан 1878 с холонор. Онтон 1984 с утумнаахтык дьарыктанар. Сүүстэн тахса ырыалаах. Анаабыр улууһун Гимнин автора. 7 аудио альбом, 2 компакт дискэ таһаартарбыта. Икки ырыанньык бэчээттэммитэ. 1995 с Саха сирин мелодистарын түмсүүтүн чилиэнэ. 2011 с Саха сирин ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Наҕараадалара.
1999 с. Культура туйгуна
2011 с. Гражданскай килбиэн кавалера.
2014 с. Анаабыр улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
2018 с. Саха сирин культуратын үтүөлээх үлэһитэ.

491 ebitem2
Комментарии:
avatar