АҔАЛАР КҮННЭРИНЭН!
Арассыыйа бүттүүнүн үрдүнэн
Аҕалар күннэрин бэлиэтиир,
Аламай үөрүүлээх күммүтүн
Айхаллыы көрсүөҕүн, доҕоттоор!
Аҕа диэн - алаһа дьиэбитин
Арчылыыр, араҥаччылыыр аналлаах,
Ийэ уус ууһуурун төлкөлүүр
Иһирэх дууһалаах киһибит.
Дьиэ кэргэн эйэлээх олоҕор
Дьол - соргу толору буоларын,
Түстэһэр анала, соруга
Толору сүгүллэр - аҕаҕа.
Аҕа диэн - айылҕа киһитэ
Аар тайҕа сонордьут булчута,
Аал уотун алгыһын ылыммыт
Айыыһыт Байанай оҕото.
Түүннэри - күннэри кыһаллан
Түбүктээх ыарахан үлэнэн,
Буларгын - таларгын, сатыыргын
Барытын аныыгын бар дьоҥҥор.
Истиҥник таптыырбыт бэлиэтин
Иһирэх тылынан этэммин,
Эйиэхэ барытын аныыбын
Эрэллээх киһибэр - АҔАБАР!
Уйбаан Хотуоһап
Уус Таатта, 17.10.2021 с.