24.10.2024
Уйбаан Бахсылыырап - Аҕаа кэлиий!..

Уоттаах сэриигэ  аҕаларын сүтэрбит бары тулаайахтарга...

Алаастан арахсан
Аҕаккаам барбытын
Арҕаа уот сэриигэ,
Дойдугун көмүскүү.

Суохтаатым эйигин -
Оо, аҕам барахсан,
Эн хаһан кэлэҕин -
Кыр өстөөҕү кыайан?

Сэттэлээх уолчаанын
Колхозка үлэлиир.
Кэмчи нуорма аспыт,
Оонньуур аны ааспыт.

Аҕаа эрэл санаанан
Ийэм эйигин күүтэр,
Аҕаккаам, эн кэлиэҥ,
Алаһа дьиэҕэр киириэҥ.

Манна эмиэ өлүү,
Манна эмиэ сүтүү...
Хаһан сэрии бүтэр,
Хаһан Кыайыы буолар?

Аҕаа, олус ахтабын,
Суохтуубун эйигин!
Аҕаа, кэлиий кыайаҥҥын!
Аҕаа, кэлиий үөрдэҥҥин!

            2015 с

432 ebitem2
Комментарии:
avatar