Хардатын ылаҕын.
Кырдьыыны мөҕүттэн суламмат буолуохха,
Кырдьар саас бэриллэр дьоллооххо,баартаахха.
Төһөлөөх баҕалаах тиийбэккэ барбытай?
Сиэн оҕо сиэтиилээх хаамсыаҕа хаалбытай?
Эҥинэ быһылаан арааһа былдьаабыт,
Эдэргэ быстахха эрдэлээн туораабыт,
Элбэх ээ аахтахха,сураһар буоллахха,
Аһыыны, сүтүгү ыатаран бардахха.
Кинилэр эн курдук кус түүтэ сыттыкка
Көҥүллүк утуйан, бусхата сыппаттар,
Үтүөкэн сарсыарда өлгөм ас остуолга
Үүттээх чэй омурда олорор буолбаттар.
Кэлбиккэ-барбыкка дьарҕаны үҥсэргии,
Кыһыйа-абара сэрийээл көрбөттөр,
Ахтыбыт дьүөгэҕэ үлэһэн хонордуу,
Ааспыты санаһа ыалдьыттыы тиийбэттэр.
Төһөлөөх ыралар ытаһа көппүттэр?
Төрүөхтээх оҕолор төттөрү тиийбиттэр?
Эн онтон ордоҥҥун баччаҕа кэлбиккин,
Элбэҕи ситиһэр тус кыаҕы ылбыккын.
Хайдах туох олортуҥ,ыччаккын ииппитиҥ-
Кырдьыыны көрсөргөр бэлэмнээн уурбутуҥ.
Билигин ол өҥөҥ хардатын ылаҕын,
Бу сиргэ ыспыккын хомуйар буолаҕын.
Сыралыма-Альбина.Кырыкый.
2.12.2018с