Саас кэллэ, сандал саас
Көлүкэчээн ууланна.
Көҕөн кэлэрэ чугаһаата
Булчут саатын бэлэмнээтэ.
Сааннан ытыы,күрэхтэһии
Муус устар ыйга саҕаланна.'
Үөрүлээх маннык түгэн
Үүнэн кэлэн абылаата.
Уһун кыһын кэнниттэн
уһугунна айылҕа.
Буруо сыта, отуу чэйэ
Тугун бэрдэй кэрэтэй.
Сахам сирин барытыгар
Булчуттар муһуннулар.
Сааскы куска, дурдаҕа
тахсаары тэриннилэр.
Алгыс этилиннэ,
Аал уот кээһилиннэ
Бүгүн манна булчуттар
көрүлэрэ саҕаланна.
Бэйэм үрдүк ааппыттан
Эҕэрдэ тиэрдэбин.
Муннукка ытаабыт.
Булчут буолан билэбин.
Хаасчыт кусчут уолаттарым!
Чэйиҥ эрэ! Кытаатыҥ.
Байанайдаах буоларыҥ
Илии тутурдах кэлээриҥ.
Серго Никитин Сэбээн