23.10.2024
Саас - ҮӨЛЭЭННЭЭХТЭРБЭР

Аас маҥан кырыа кыттыһан
Сүүспэр сүүрээннэр сүүрбүттэр
Ол эрэн санаабар эдэрдии
Эрдэбин бу олох суолугар

Бу ситим нөҥүө билсэммин
Үөлээннээх биир саастыы дьоннорбун
Хотунан арҕааннан эргийэн
Дьоһун дьон буолтарын көрөбүн

Бииртэн биир кэрэни көрөммүн
Сөҕөбүн бэриммэт буолтарын
Хаартыска туоһута мэктиэлиир
Хотун хаан Далбардар буолтарын

Билигин да кэрэ сэбэрэ
Баар эбээт,эһиэхэ кыргыттар
Саас диэҥҥэ бэриммэт эбиккит
Куо буолан,көстөҕүт эһиги

Ыалдьымаҥ,сүтүмэн доҕоттоор
Ил-Эйэ дьиэҕитин эргийдин
Өрүүтүн бу маннык көхтөөхтүк
Буолуҥ дуу,үйэҕит тухары!!!

10.05.2018    (Саас)

390 ebitem2
Комментарии:
avatar