24.10.2024
Розалия Анисимова - Махтанабын.

Махтанабын.

Махтанабын ийэлээх аҕабар
Үрүҥ күнү көрдөрбүттэригэр.
Олох устун  айанныырбар
Сөптөөх суолу ыйбыттарыгар.

Махтанабын күн күбэй Ийэбэр
Олоҕум устатыгар арыаллаан
Арчылаан,араҥаччылаан
Бачча сааспар тиийбиппэр.

Махтанабын кэргэммэр
Үс кэрэ оҕону бэлэхтээбитигэр
Ийэ,эбээ ,хос эбээ буолар
Дьолго тиксибиппэр.

Махтанабын бииргэ төрөөбүт'
Эд'иийбэр,убайбар,бырааппар
Мэлдьи.миэхэ көмөлөһө.
Аттыбар баар буолбуккутугар.

Махтанабын амарах сүрэхтээх
Аламаҕай аймахтарбар.
Олох ыарахан түгэннэригэр
Күүс көмө буолбуккутугар.

Махтанабын бииргэ үлэлээбит,
Алтыспыт үтүө дьоммор.
Үлэ,олох түбүктэрин
Этэҥҥю туораан испиппэр.

Махтанабын  оҕолорбор
Санаам хоту үүнэн ,сайдан,
Оҕо уруу төрөтөн,
Үтүө дьон буолбуккутугар.

Махтанабын кырдьар сааспар
Сылаас эйгэҕэ олорорбор.
Оҕоллрум дьон сэргэ ортотугар
Дьоһун дьон буолбуккутугар.

Махтанабын сиэннэрбэр
Кырачаан хос сиэннэрбэр
Алгыс курдук төрөөн үөскээн,
Олохпун киэргэппиккитигэр.

75 сыл орто дойдуга
Олорбут олохпун сирбэппин.
Ытык сааска тиийбиппин
Дьоллооҕунан ааҕынабын

Махтанабын дьылҕабар
Үтүөнү кэрэни түстээбитигэр.
Инникитин оҕолорбор

471 ebitem2
Комментарии:
avatar