24.10.2024
Петр Новиков - Ырыабын эһиэхэ аныыбын

Ырыабын эһиэхэ аныыбын,

Кырдьаҕас көлүөнэм дьонугар.

Ааспыт ыар олоххут сылыгар,

Аныгы олоҕу тэҥнээммин.

 

Ырыабын эһиэхэ аныыбын,

Орто саас көлүөнэ дьонугар.

Коммуна буор босхо олоҕор,

Олорон ааспыппыт туһунан.

 

Ырыабын эһиэхэ аныыбын,

Билиҥҥи эдэр саас ыччакка.

Саҥалыы сайдыылаах олохпут

Туһатын, буортутун өйдөтөн.

 

Ырыабын эһиэхэ аныыбын,

Кэнчээри кырачаан дьоннорбор.

Сахалыы сайаҕас тылынан

Дойдуга тапталга уһуйан.

 

Ырыабын эһиэхэ аныыбын,

Сахалыы санаалаах бар дьоммор.

Олоххо тапталбын ырыанан

Тус бэйэм санаабын арыйан.

 

П.Новиков-Дьүкээбил

403 ebitem2
Комментарии:
avatar