24.10.2024
Петр Новиков - Улуу Кыайыы бырааһынньыгынан

Улуу Кыайыы бырааһынньыгынан
Тахсар бүгүн бүтүн дойду,
Кыһыл былаах тутуурдаах
Кыайыы лента кэтиилээх.

Бүгүн үөрүү-кутурҕан
Бииргэ көрсөр күннэрэ,
Харах уулаах өрөгөй
Сүрэх баастаах үбүлүөй

 Модун күүстээх норуоппут
Ньыгыл тимир укулаат
Сынтарыйбат туохха да
Ону туоһулуур ытык күн.

Таҕыс дойду уулуссаҕа
Чиэстээ кыайыы дьонноргун
Олохтон туораабыт геройдарга
Чуумпуран кутурҕаҥҥын биллэрэн

П.Новиков-Дьүкээбил

2015

416 ebitem2
Комментарии:
avatar