Ырыалар - кынаттаах курдуктар,
Кый ыраах элээрэ көтөллөр.
Салгыҥҥа уйдара тэлээрэн,
Сир-дойду аайытын тиийэллэр.
Ырыалар - былыттар курдуктар,
Халлааҥҥа көҥүллүк устаннар,
Сорохтор уостаннар сүтэллэр,
Сороҕо тэнийэн улаатар.
Ырыалар -устар уу курдуктар,
Сүүрүктүү кутуллан ылаллар.
Балысхан омуннаах кыаҕынан
Бааллыран барыны баһыйар.
Ырыалар - кылыска тэҥнээхтэр,
Кыргыска да киирсэр кыахтаахтар.
Өстөөҕү өлөрөн өһөрөн,
Өрөгөй үөрүүтүн ыллыыллар.
Ырыалар - эмчиккэ тэҥнээхтэр,
Ыарыыны даҕаны кыайаллар.
Дьүһүйэр дьүрүскэн дорҕооннор
Ханнык да эмтээҕэр күүстээхтэр.
Ырыалар - дьэ кырдьык дьиктилэр,
Кинилэр араастар -кэрэлэр.
Ол иһин ырыаны таптаабат,
Бу сиргэ баарын да билбэппин.
П.Новиков-Дьүкээбил