Сипсийэр Сир Ийэм кулгаахпар
Үөрэтэн эрэрдии оргууйдук,
-Тулаҕын одуулаа, болҕойон,
Хас биирдии мас сыыһын ааҕаҥҥын.
Айылҕаҥ көмүскэл көрдүүрдүү
Уунар дии илиитин эһиэхэ,
Кэхтии суол суоһаата киниэхэ
Буруйдаах ол онно ким баарый?!
Буруйдаах эһиги буолаҕыт,
Барыны толкуйдуур өйдөөхтөр.
Барытын алдьатар, суоһарар
Оҕуурдаах санаалаах урдустар.
Өйдөнүҥ,кытаатыҥ өйдөнүҥ
Олорор мутуккутун кэрдимэҥ,
Үрүҥ күн анныгар айылҕа
Өлүүтэ буолуоҕа өлүүгүт.
Сипсийэр Сир Ийэм кулгаахпар
Үөрэтэн эрэрдии оргууйдук,
-Тулаҕын одуулаа, болҕойон,
Уонна уун илиигин утары!
П.Новиков-Дьүкээбил