23.10.2024
П.Новиков-Дьүкээбил

Эн миэхэ этиий дуу, табаарыс,
Олорбут олоҕуҥ устата
Элбэҕи даҕаны көрдөҕүҥ.
Олортон төһөтүн туһанныҥ?

Эн миэхэ этиий дуу, табаарыс,
Олорбут олоҕуҥ устата,
Эргиччи тулалыыр эйгэҕин
Одуулаан көрдүҥ дуо болҕойон?

Эн миэхэ этиий дуу, табаарыс,
Олорбут олоҕуҥ устата,
Элэйэр-сылайар үлэни
Оҥорон кэллэҕиҥ баччаҕа?

Эн миэхэ этиий дуу, табаарыс,
Олорбут олоҕуҥ устата,
Элбэхтэ хаамаҥҥын-сиэлэҥҥин
Олук суол хааллардааҥ аҕай дии?

Эн миэхэ этиий дуу, табаарыс,
Олорбут олоҕуҥ устата,
Эдэркээн кэнчээри ыччаккар
Ол онтон төһөтүн үөрэттиҥ?..

П.Новиков-Дьүкээбил

389 ebitem2
Комментарии:
avatar