Оскуола5а уерэммит кэмнэрим.
Куба курдук кылбаа ман,ан баанчык
Букубаар быыьынан кылбайара.
Чуорааммыт тыаьа чугдаара
Чуопчаарбыт о5о сан,ата.
Саьар5абыт сандаара тыгыыта
Сылгы саа5ын тэбэ,сырса биьи
Сарсыарда уерэнэ кэлэн,
Суумка тутуурдаах о5олор.
Буукуба,дор5оон до5ордономмут.
Ахсааннары аа5ар атастанан
Уьун уйэлээх идэ5э
Учуутал билиини биэрэрэ.
Уерэх кэмэ бутэрин са5ана
Оскуолабыт анныгар баар куелгэ
Уьун куну чалбааттанан
Болуот он,орон устарбыт.
Октябрёнок,пионер,комсомол
Эппиэттээх аатын дьо5урдаах сугэн,
Значок,хаалтыс иилинэрбит
Инники сырдык суолланан.
Уунэр - сайдар да арыалланаммыт
Оло5у олорорго кэрэтиэн.
Дьиэрэн,кэй тэбэр кыргыттар!
Оьуокай ойор уолаттар!
Оскуола5а уерэммит кэмнэрим
Оройунан кербут о5о сааьым,
Барыта бу буолбут курдук,
Бэл,харахпар кестен ааста.
Мария Протопопова -Намыына Куо.