24.10.2024
Люция Бандерова - СЭРЭДЭ КҮНҮНЭН!

СЭРЭДЭ КҮНҮНЭН!

 

Сэрэдэ күн үүннэ

Сэргэхтик уһуктуҥ,

Сэрээккэ оҥоруҥ

Сэрээттэ эбиниҥ.

 

Саргыны түстүүр

Сарсыарда буолла

Саһарҕа кыыһан

Сандааран таҕыста.

 

Сайа охсор тыаллаах

Сайаҕас сарсыарда

Саймаархай салгынын

Сайгыччы  ыймахтааҥ

 

Сылааҕыт таҕыстын,

Сылаастык мичээриҥ,

Санааҕыт чэпчээтин

Санньыары кыйдаатын.

 

ЛЮЦИЯ

БАНДЕРОВА-АЙЫЛЛААНА.

442 ebitem2
Комментарии:
avatar