24.10.2024
ЛЮЦИЯ БАНДЕРОВА - АЙЫЛЛААНА - Олус дьоллоох буоламмын

Олус дьоллоох буоламмын.

Олус дьоллоох буоламмын
Орто туруу дойдуга
Оройбунан түстэҕим,
Ийэ- аҕа иһирэх
Тапталларын биллэҕим.

Олус дьоллоох буоламмын
Остуоруйа курдук кэрэ
Оҕо сааспар ойдоҕум,
Олох аптаах кэрэтин
Дьэрэкээнин биллэҕим.

Олус дьоллоох буоламмын
Айылҕам аптаах иэйиитин
Таптал уотун куустаҕым,
Оҕо кутун бэлэҕиттэн
Ийэ буолан иэйдэҕим.

Олус дьоллоох буоламмын
Астынабын атас ,дьүөгэ,
Сылаас сыһыаннарыттан,
Өйөбүл,тирэх буолар
Өркөн өйдөөх доҕотторбунан.

Олус дьоллоох буоламмын
Сахалыы сайаҕас саҥалаах
Саха сиригэр төрөөтөҕүм,
Киэн туттабын омукпунан
Саргыта самныбат САХАБЫНАН !

ЛЮЦИЯ БАНДЕРОВА - АЙЫЛЛААНА.

340 ebitem2
Комментарии:
avatar