24.10.2024
Люция Бандерова - Айыллаана -Олунньу ыйынан

Олунньу ыйынан

Ойон кэллэ бу бүгүн
Орулуур олунньу ыйбыт,
Оронтон оронон
Орҕостон тураммыт
Остуолга ас тардан
Оннубутун булан
Оҥостон олорон аһыахха,
Ол кэннэ дьэ
Ону-маны дьиэҕэ
Оҥоруохха туһалааҕы.
Олорон эрэ куйаарынан
Олорчу барыгытын
Олунньунан эҕэрдэлиибин
Оҕолоргут,бэйэҕит
Олус диэн доруобай
 буолуҥ ,
Орто дойду олоҕо
Остуоруйа курдук буоллун!
‍♀️

366 ebitem2
Комментарии:
avatar