24.10.2024
ЛЮЦИЯ БАНДЕРОВА - АЙЫЛЛААНА - Маҥнайгы тапталбар

Маҥнайгы тапталбар

Аан маҥнай көрсүбүт тапталбын
Ама мин умнуом дуо, тыыннаахпар, 
Бастакы уураһыы амтанын
Билбитим кинини кытары. 

Санаабар куруутун эн бааргын
Сүрэхпэр сүрэҕиҥ тэбиитэ, 
Ыксабар мэлдьитин бииргэҕин
Ырыабар ыллана сылдьаҕын.

Соҕотох  аналбын,тапталбын
Солбуйар  кими да булбаппын, 
Аҥардас эйигин суохтуубун
Аҥарбын аймана ахтабын. 

Өр сыллар тухары иитиэхтээн
Өйбүттэн өһүлбэт эбиппин,
Өлбөөрбөт мөссүөнүҥ, куолаһыҥ
Өрүүтүн халлаҕа сүрэхпэр. 

Олох салҕанар дииллэринии
Олорон кэллэҕим ортотук,
Ол да буоллар эйигин мин
Олуһун ордорор эбиппин.

 

ЛЮЦИЯ БАНДЕРОВА - АЙЫЛЛААНА.

11.16.2015 с.

 

385 ebitem2
Комментарии:
avatar