06.07.2025
ЛЮЦИЯ БАНДЕРОВА- АЙЫЛЛААНА - ЭН ,ТУЛУЙ.....

ЭН ,ТУЛУЙ.....

Төһө да ыар кэмнэр
Төлөннүү куусталлар,
Төбөҕүн ол күҥҥэр
Төҥкөтөр буолумаар!

Хараҥа балаһа
Халыйан кэлиитэ,
Хайаан да талаһа
Харбаһаар үрдүккэ!

Күүстээх санааҕынан
Күн диэки тардыһаар,
Күһэйбит хара кэм
Күрэниэ ырааҕынан!

Үдүгэр үрүҥ күн
Үкүүлүү тыгыаҕа,
Үөрүүнү саҕыаҕа
Үтүөнү  түстүөҕэ!

Оччоҕо маҥан суол
Олоххор эргиллиэ,
Оһуордуу тиһиллиэ
Ол онтон дьоллоох буол!

441 ebitem2
Комментарии:
avatar