Күндү киһибэр.
Ыйым диэн ыҥырабын
Ыксабар баар доҕорбун,
Күнү кытта тэҥниибин
Күндү киһим эйигин.
Сырдык ыраас тапталым
Сылаас, нарын сыһыаным,
Суолгун өрүү сырдаттын
Сардаҥанан сыдьаайдын.
Харыстыахха төннүбэт
Харыһыктаах кэрэни,
Хатыламмат,көстүбэт
Хомус тыаһа түгэни.....
ЛЮЦИЯ БАНДЕРОВА- АЙЫЛЛААНА..