24.10.2024
Лилия Санникова - Мэҥэлэр хайа үрдүгэр!

Мэҥэлэр хайа үрдүгэр!

Куорат илин өттүгэр
Улуу Өлүөнэ аттыгар,
Көҕөрөр хайа үрдүгэр
Мэҥэ улууһа бу турар.

Хоһуун үлэһит дьонунан
Аатыран кэллэҕэ үйэҕэ,
Кыайыы кыһыл былааҕын
Үгүс сылларга туттаҕа.

Көнө симиилээх буор суолбут
Аспаалынан бүрүллүбүт,
Массыына арааһа субуһан
Түргэн айаны тутуспут.

Килиэ киппэ тимир суолбут
Тиийэн кэллэ Бэстээххэ,
Саха дьоно олохсуйда
Мэҥэ киинэ манна буолла.

Өлүөнэ өрүс аннынан
Күөх төлөн уоппут туораата
Көҕөрө умайан,сандааран
Элбэх улууска тарҕанна.

Долгуйар Эбэбит үрдүнэн
Дьоҕус,синньигэс биилинэн,
Муоста суолбут тутуллуо
Баҕа санаабыт дьэ туолуо.

Күммүт күөрэйэр илинтэн
Сайдыы саҕыллар Мэҥэттэн,
"Мэҥэлэр хайа үрдүгэр"диэн
Этиттэрбит эбит улуу поэт.

Лилия

443 ebitem2
Комментарии:
avatar