04.12.2024
Өһөх хара буруоҕа - Федот Аммосов. Хоhуун Уола. Найба. Булун.

Өһөх хара буруоҕа

 

Ыраах Кемерово куораттан

Ынырык сурах көтөн кэлэн.

Ынчык ытыыр харах уутун

Ыга анньан таһаардаҕыан.

 

Ыһыытыыллар оҕолор

Ытаһаллар көрдьөһөллөр.

Быыһааҥ абырааҥ умайдыбыт.

Ийээ Аҕаа көмөлөһүҥ.

 

Эдьиий. этээр Ийэбэр.

Балтычааммар эмиэ тиэрдээр

Кыракыйкаан сүрэхпинэн

Таптыыр этим кинилэри.

 

Нарын тарбах истибэтэ

Налыс гынна барахсанчаан.

Телефон нөҥүө сурук ыытан

Тиһэх тылын этээхтээтэ.

 

Саҥа быкпыт сибэккилэр.

Ньургуһуннар барахсаттар.

Ыыс быдан буруо иһиттэн

Ыһыылара иһиллэр.

 

Хоруо буолбут илиичээннэр

Өргө дылы далбааттааннар

Өһөн сүтэн хааллылар

Өһөх хара буруоҕа.

 

Ханнык харам хара сордоох

Хармаанын хаҥатаары.

Хатаан баран оҕочооннору

Хара буруоҕа уһаардаҕыан .

 

Ф. Аммосов . Хоһуун Уол. Найба. Булуҥ.

195 ebitem2
Комментарии:
avatar