24.10.2024
Күөрэгэй Бүлүү - Кырачаан оҕочоон

Кырачаан оҕочоон

Эйээрэн кэлэҥҥин, кырачаан оҕочоон
Иэйиэхсит айхаллаан, эчикийэ кэрэҕин.
Ийэ сылаас мичээрэ имэрийэ көрөн
Иһирэх сыһыана - иэйиигэ суулаабыт.

Чаҕылхай харахтарыҥ олооту көрөллөр,
Чуопчаарар чорбойо - оппоойук  уосчааныҥ.
Чэмэлкэй,  тэтэркэй иэдэсчээниҥ
Чээн бэйэҕин олуһун да минньитэр.

Сэгэттэйим оҕото, оччугуйкаан бэйэҥ
Сүрэхчээн чопчута - кэрэчээн, кырачаан,
Минньигэсчээн мүөтчээн,
Мичээрдээ - күлүмүрдүү сыдьаайан.

Күөрэгэй
Бүлүү 02.03.16с.

428 ebitem2
Комментарии:
avatar