Эн эрэ мин дьолум
Күнүм бүгүн сандаара тыкта,
Күлүмүрдээтэ таптал уота.
Күндү кэрэ киһим миэхэҕэ
Күүтүүлээх тыллары сипсийдэ.
"Эн эрэ мин дьолум, тапталым,
Эн ди, миэхэ тыгар сулуһум,
Умайар кутаабар сылааһым,
Уостубат эрэлим, сыдьаайым.
Доҕорбун сыһыары кууһаммын,
Долгута ыытабын ырыабын,
Дьолунан дуоһуйа туолабын,
Долгуҥҥа уйдаран сылдьабын."
Кууһан ылан, сыллаан - уураан,
Куйаарга көтүттүҥ уулларан,
Кынатым үүнэн, үөһээ дайдым,
Кый ыраах дьиэрэйэ ыллаатым.
Күөрэгэй
Бүлүү 28.04.16с.