23.10.2024
Күөрэгэй Бүлүү - Эн эрэ

[09:44, 24.1.2019] +7 914 286-00-78: Эн эрэ

Эн миэхэ кыыһар сарыалым, 
Эн эрэ киэһээҥҥи саһарҕам.
Эйиэхэ эрэ ананар бу олоҕум,
Эйэҕэс, элэккэй киһибэр.

Эн аттыгар сүрэҕим битийэр,
Эдэркээн хааным итийэр.
Эйигинниин иэйиим уһуктар,
Эрэли эрэнэ сылааска бигэнэр.

Эйгэбит тапталы туоһулаан,
Эйээрэр ырыаны ыллатар.
Этэбин эйиэхэ мэлдьитин -
Эйигинниин эрэ дьоллоохпун!

Эҥсиллэр долгуннаах кытылга
Эрэллээх эркиним буолааҥҥын,
Эйэҕэс мичээргин бэлэхтээн
Эпсэри кууһаҥҥын тураҕын.

Күөрэгэй
Бүлүү 07.05.18с.
[09:44, 24.1.2019] +7 914 286-00-78: Талабын наардааммын

Тапталга билинэр тыллары
Талабын наардааммын, сипсийэ.
Этэбин мэлдьитин эйиэхэ,
Эйэҕэс күн тэҥэ киһиэхэ.

Таптаһар сүрэхпит тардыһар,
Тырымнас сулустуу чаҕыллар,
Тапталы сылытар суоһунан,
Талаһан сыдьаайа сырдатар.

Күннэтэ күүһүрэн сыһыаммыт,
Кэрэттэн кэрэтин көрөбүт.
Кыттыһан дьолбутун түстүүбүт,
Куруутун үөрдэбит сүрэҕи.

Күөрэгэй
Бүлүү 05.05.16с.

426 ebitem2
Комментарии:
avatar