24.10.2024
Күөрэгэй Бүлүү - Эйиэхэ эрэ

Эйиэхэ эрэ

Эйэргии көрөммүн
Эйигин таптааммын,
Эйиэхэ эрэ аныыбын,
Эппэтэх тылларбын.

Эйэҕэс мичээрдээх
Эйээрэ  ыллыыбын,
Эриэккэс иэйиибэр
Эрэли түстүүбүн.

Эрчимнээх илиилэр
Эрийэ кууһаннар,
Эргийэ үҥкүүлээн
Элээрэ көттүлэр.

Эдэркээн сүрэхтэр
Эдэр саас иэйиитин,
Эйиэхэ тапталбын
Эргитэ турдуннар.

Күөрэгэй
Бүлүү 18.02.18с.

443 ebitem2
Комментарии:
avatar