23.10.2024
КҮНДҮЛҮҮНЭ - Куустуһуохха

Куустуһуохха

 

Күн сылааһын кэриэтэ

Күлүм чаҕыл сырдааҥҥын

Киирэн кэлиий мин хоспор

Кутаа уоттуу илгийэн.

 

Куустуһуохха ыксары

Курус диэни умнуохха.

Истиҥ иэйии бэрсиһиэх

Иһирэхтик санаһыах.

 

Доҕор атас сиэттиһэн

Дьиэрэҥ ойо хаамсыһан

Долгун суолга өйөһөн

Дьикти уйан буолуоҕун.

 

Көрсүһэммит куустуһан

Күлэ үөрэ уйдарыах

Истиҥ санаа биһигэр

Илгэ биэрэр күүһүгэр.

 

Күн анныгар олорон

Көрсүө сэмэй буолуоҕун.

Көххө бары куустуһун

Күннүү сылаас бэрсиэҕин.

 

Куустуһуохха ыксары

Курус диэни умнуохха.

Истиҥ иэйии бэрсиһиэх

Иһирэхтик санаһыах.

 

      КҮНДҮЛҮҮНЭ.2019.

448 ebitem2
Комментарии:
avatar