24.10.2024
Ф, Аммосов, Хоһуун Уолҕ Найба - Сиэнчээним

Сиэнчээним,

 

Топ топ тоһурҕаан

Тойторуҥнаан тугуй бу,

Кылап халып көрүөлээн

Күлбүтүнэн кимий бу.

 

Муннум бүөтэ сиэнчээним

Мичилийэн кэлбит дии,

Отон саҕа харахчаан

Албыннаһан күлбүт дии,

 

Отой ботой одуулаан

Оҕуруо харах барахсан

Ол бу диэки көрүөлээн

Албыннаспыт дьүһүнчээн,

 

Бып быыкайкаан илиичээн

Имэрийдэ иэдэспин

Иэҕэҥнээтэ илин кэлин

Көтөх диэтэ күлэн үөрэн.

 

Ф, Аммосов, Хоһуун Уолҕ Найба,

                                                      БУЛУҤ.

408 ebitem2
Комментарии:
avatar