24.10.2024
Эркэн - Ньургуһуммут тыллыаҕа

Ньургуһуммут тыллыаҕа

Халыҥ хаарбыт түгэҕэр,
Сааспыт тыына тилиннэ,
Ньургуһуммут күрэҕэр,
Туруммута билиннэ.

Хахсаат тыалтан толлубат,
Хорсун ходуот сибэкки,
Муустаах хаартан саллыбат,
Ньургуһуммут сибэкки.

Сылаас күнү батыһа,
Кэрэ сибэкки тыллыа,
Ыраас таптал аргыһа,
Кэрэ дьөрбө арыллыа,

Куҥҥэ хаарбыт кыырпаҕа,
Алмаас таастыы күлүмнүүр,
Ньургуһуммут тыллыаҕа,
Сааскы күнү уруйдуу!

Эркэн

395 ebitem2
Комментарии:
avatar