"Эн Биhи"
Иннокентий Васильев -Тэгэ тыл.,
Марианна Федотова-Намыына мел., тол., Илья Петухов аранж., Иван Наумов куолас устуута
Сиргэ үүммэт сиэдэрэй
Ситэн эрэр сириэдийэр
Сипсийдэххэ симиттэр
Сибэккилии симик , нуоҕай
ПРИПЕВА
Эн биһи иккиэйэҕин эрэ
Сүрэхпитинэн бигии эрэ
Сэрэйиэхпит сэмээр эрэ --
ТАПТАЛ БААРЫН БУ СИРГЭ
Салгыннарга суола суох
Санаа буолан кууһан ылар
Арай тупсар тулабар
Баара биллэр , миигин үөрдэр
ПРИПЕВА
Эн биһи иккиэйэҕин эрэ
Сүрэхпитинэн бигии эрэ
Сэрэйиэхпит сэмээр эрэ --
ТАПТАЛ БААРЫН БУ СИРГЭ
Дьикти иэйии , ол турук
Ыллатарым , дьоллуурум
Түөспэр , чуумпу сылаас баар
Уйаланна , тоҕо эрэ
ПРИПЕВ
Эн биһи иккиэйэҕин эрэ
Сүрэхпитинэн бигии эрэ
Сэрэйиэхпит сэмээр эрэ --
ТАПТАЛ БААРЫН БУ СИРГЭ