24.10.2024
Е. Васильева - Кэлэр барар дьоннорго

Кэлэр барар дьоннорго
Үөрбэт буолан эрэбин..
Чэйи кутан биэрэр бэйэм
Киирбэтэллэр эрэ диибин...

Онно манна сылдьыбаппын
Килиэп эрэ ылабын
Кэлээт илии суунабын
Таҥас таһардьа быраҕабын..

Бары барыта куттал буолла
Дьиикэй олох дьэ кэллэ
Бассаап нөҥүө сыстыбатар
Эриһиэхпит этэ буо..

Тураат наар кэтэнии
Сыты билэри мананыы
Кими кытта кэпсэппиппин
Контаактара кимнээхтэрин..

Иэдээн олох диэн бу эбит
Тура тура илии суунуу
Дьонтон куота сылдьыы
Өлүмээри тарахаччыһыы..

Хаһан сүтэн абырыыр
Дьоннуун бииргэ хаамсабыт
Чэйи иһэ иһэбит
Кэпсэтэбит сэлэһэбит..

Аҕынным даҕаны дьоннорбун
Алтыһар күндү дьүөгэлэрбин
Күммүт ойуо, ыарыы сүтүө
Көрсүһүөхпүт хайаан да

414 ebitem2
Комментарии:
avatar