07.07.2025
Дьуур - Ньургуһун мичийэ быгыыта

Ньургуһун мичийэ быгыыта
Сааскы күн үөһээттэн тыгыыта,
Таммахпыт чоккуруу тохтуута
Сүрэхпин ахтылҕан аалыыта,
Киириэҕим алааскар кэһиилээх
Эйиэхэ анаммыт ырыалаах.

Ньургуһун симээбит сыыр быарын
Эйиэхэ эрэ мин сирдээри,
Сааскы күн күйгүөрэр матыыбын
Эйиэхэ эрэ мин анаары,
Киириэҕим алааскар кэһиилээх
Эйиэхэ анаммыт ырыалаах.

Эргиччи тэнийэр кэрэни
Аан дойду симэнэр киэргэлин,
Сүрэҕим ахтыбыт иэйиитин
Эйиэхэ эрэ мин тиэрдээри,
Киириэҕим алааскар кэһиилээх
Эйиэхэ анаммыт ырыалаах.

Дьуур

423 ebitem2
Комментарии:
avatar