23.10.2024
Дьуур

Киһи тоҕо тардыһар
Сааһырдаҕын аайытын,
Төрүт сирин буоругар
Уйа буолбут биһигэр.

Тоҕо түһээн көрөрүй
Тэлгэһэтин, кырдалын,
Оҕо сааһын лоскуйун
Омун-төлөн саастарын.

Тоҕо харах сиигирэн
Ийэ диэни ахтабыт,
Аҕа диэни саныыбыт
Кыра дьиэни кэпсиибит.

Тоҕо диэтэр үс куппут
Силис тардан үүннэҕэ,
Ийэ, аҕа утумун
Уйулҕабыт ыллаҕа.

Сааһырдахпыт аайытын
Ыган кэлэр ахтылҕан,
Оҕо курдук буоламмыт
Уйабытын суохтуубут.

Дьуур

400 ebitem2
Комментарии:
avatar