Бүлүү Эбэ барахсан.
Омоҕой саҕаттан устубут
Олоҥхо дойдутун түстээбит.
Оо. Бүлүү өрүспүт барахсан
Оҕуордаах долгунуҥ ханнаный
Өрүһүй даа. абыраа диэбиттии
Өлбөөркөй сүүрүгүҥ субуллар
Өбүгэҥ саҕаттан өҥ турбут
Өлүөнэ өрүскэр кутуллар.
Туох буолбут айыыгар.хараҕар
Тоҕо бу кэбилээн киртитэн
Тойоттор баайдара баппакка
Топпокко дьаабылаан кээстилэр.
Ханнаный балыктаах далайыҥ
Хаарыаннаах дьэрэкээн сүүрүгүҥ?
Харам баай.оо. инсэ харахтар
Хатанан хаалбыттар аларгар.
Сүүһүнэн сыллар тухары
Сүһүөхтээх барыта үҥэрин
Сүлүһүн уутунан сүүрдэннэр
Сүһүрдэн кээстилэр сүрүн ньии.
Сахабыт сиригэр буолбакка
Сир Ийэ бүтүннүү хаһыырда
Сир халлаан икки ардын ньиргиттэ
Оо Эбэ барахсан ынчыга.
Ф. Аммосов . Хоһуун Уол. Найба. Булуҥ.