Агынным даганы, догоруом,
Оо, хаьан мичээрэн киирэгин?
Сымнагас уоскуттан уурааммын,
Туеспунэн сыстыьа туьэммин,
Таптыырбын сипсийэн этиэгим.
Олохпун дьолунан толорбут,
Эдэрбин иккистээн эргиппит,
Эркиннии эрэнэр мин киьим
Кэлэрин долгуйа куутэбин,
Куннэри-дьыллары аагабын.
Сана дьиэгэ саналыы,
Санаабытын холбооммут,
Таптал уотун уматан,
Олохпутун салгыахпыт,
Олорбохтоон хаалыахпыт.
Анастасия Болтокова-Дьолууна
29.10.2018